Үс Хатыҥҥа суотабай сибээһи күүһүрдэр тэрили туруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Туймаада Ыһыаҕар суотабай сибээс төрүт харыыта суох үлэлиэҕэ, ону таһынан, сибээс хаачыстыбатын көрдөрөр 2G, 3G, 4G технология эмиэ баар буолуоҕа.


Ол курдук, бэҕэһээ Үс Хатыҥҥа “МТС”, «Билайн» уонна «Мегафон» сибээстэрин күүһүрдэр базовай ыстаансыйалары аҕалан туруордулар. Даҕатан эттэххэ, Уһук Илин үрдүнэн ”КамАЗ” массыына баазатыгар көһө сылдьар үс эрэ ыстаансыйа баар. Онтон биирэ Саха сиригэр үлэлиир.

«Мегафон» хампаанньа биллэрэринэн, былырыын Туймаада Ыһыаҕар ыһыахчыттар 42 чааһы быһа тохтоло суох кэпсэппиттэр, уопсайа 20-тэн тахса тыһыынча хаартыска ыыппыттар, туппуттар. Быйыл сибээс өссө күүһүрүөҕэ.

Сүбэ: Сибээс мөлтөхтүк хабар буоллаҕына, төлөпүөнү арааран баран, саҥаттан холбоон, быыскаҕа чугаһаан биэриҥ. Оттон 4G мөлтөхтүк хабар түбэлтэтигэр, төлөпүөҥҥүт настройкатыгар киирэн, 3G туруоран биэриҥ.

Евдокия СЛЕПЦОВА, “Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0