Сааҥ ууга түстэҕинэ (СҮБЭ)

Бөлөххө киир:

Булка араас буолааччы – үөрэ-көтө бултуу сылдьан сыыһа-халты туттан, сааҕын ууга түһэрэн, үөрүүҥ хомолтонон солбуллуоҥ сөп.

С.Нафанаилов, Уус Алдан, Кэптэни.

Кырдьаҕас сааһыттар, олох үөрэтэн, сэрэхтээх буоллахтарына, эдэрдэр омуннура-төлөннүрэ сылдьан, билбэттэриттэн-көрбөттөрүттэн даҕаны, манныкка түбэһиэхтэрин  сөп. Билигин урукку буолбатах – саа да сыаната ботуччу, аччаабыта 30-ча, улааппыта 100-тэн тахса тыһыынча. Булка сылдьан алҕас туттан, сааны ууга түһэрэн ытыспын соттортон ордук хомолтолоох туох баар буолуой?

“ИЖ-18” тимирдибитим

Билигин күөллэр түгэхтэригэр төһөлөөх саа булларбакка тимирэн сытара буолуой? Бэйэм “ИЖ-18” диэн аһара табыллан оҥоһуллубут байанайдаах саам күөлгэ түспүтүн, көрдүү сатаан баран, кыайан булбатахпыт. Билигин, сааһыран олорон санаатахха, сөпкө дьаһаммыт буоллар, көстөр саа хааллаҕа… “акаары бэйэтин алҕаһыттан – өйдөөх атын дьон алҕастарыттан үөрэнэр” диэн өс хоһоон баар. Онон “атыттарга үөрэх буоллун” диэн бу суруйа олоробун.

Быа туһата

Эдэр сааһыт, тыылаах буол, тыыта суох буол, хаһан баҕарар, хайаан да, бултуур таҥаһыҥ сиэбигэр саатар 20-чэ миэтэрэлээх быаны (унтуу тигэр крученай сап курдугу) укта сырыт. Бу элбэх миэстэни ылбат, баара-суоҕа биллибэт таһаҕас элбэххэ туһалыаҕа, булка араас буолааччы, холобура, тыыта суох сылдьан 5-6 м. сиргэ сытар куһу ылаары, элбэх бириэмэҕин ыытыаххын сөп. Быалаах буоллаххына, ураҕас көрдөөн эрэйдэммэккин, кыра мас быстаҕаһын буллуҥ да, быаҕын онно баайан, кус нөҥүө быраҕан, булкун көрдүөх бэтэрээ өттүнэ таһаараҕын.

Бэлиэтээ

Тыынан сылдьан сыыһа-халты туттан сааҕыҥ ууга түһэрдэххинэ, быаҥ туһалыыра манна кэлэр. Сааҕыҥ ууга түһэрдэххинэ, тута көрдүү охсорго тиэтэйимэ. Көрдөөбүтэ буола сылдьан, сааҥ түспүт сирин сүтэрэн кэбиһиэххин сөп. Онон, бастаан (!) сааҥ түспүт сирин бэлиэтии сатаа. Бастаан хараххынан көрөн чуолкай биллэр ориентирдарынан (отууламмыт сиргинэн, аартыгынан, от күрүөтүнэн, тиэхиньикэҕинэн, улахан тиитинэн о.д.а. бэлиэ сирдэринэн) кириэс-мараас (широта-долгота диэбит курдук) көрөн, өйдөөн кэбис, Онтон иккиһинэн, сааҥ чуолкай түспүт сирин бэлиэтээ: сиэпкэр быалаах буоллаххына, дьаакыр түһэрэн (тыыгар дьаакыр буолуон сөптөөх тимириҥ суох буоллаҕына, батарантаастаах ботуруонуҥ эбэтэр иккиэ буоллаххытына, иккис киһиҥ саата, саппыкыта солбуйуон сөп, поплавоккар баай. Поплавогунан буолуохтарын сөп: эрэһиинэ тыы сыттыга, олох мала, ытыллыбыт, доруоба хостоммут  ботуруоннар эбэтэр тыыҥ биир эрдиитэ. Өскөтүн сиэпкэр быаҥ суох буоллаҕына, тыыҥ иннинээҕи ойоҕос быалара, ветровкаҥ, атаҕыҥ таҥаһын шнуровкалара. Бу барыта быстах кэмнээх дьаһал. Тыал түһэн долгуннаннаҕына, уу түгэҕин булбатах бэлиэлэриҥ хамсаан хаалыахтарын сөп, ол иһин кытыыга тахсан ураҕас быһа охсон киллэрэн дуу, ыарахан дьаакыр киллэрэн дуу (тиэхиньикэлээх буоллаххына, дьаакыры тиэхиньикэҕиттэн түргэнник булуоҕуҥ) хапытаалынайдык бэлиэтии сатаа. Онтон, дьэ, биирдэ көрдөө.

Булка сэрэхтээх буолуҥ, сэрэнэ сылдьар киһи манныкка түбэспэт.

С.Нафанаилов, Уус Алдан, Кэптэни.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0