Саха оҕото тоҕо саха буолбатый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ити мин тылым буолбатах, Михаил Алексеев-Дапсы кэмпириэнсийэҕэ эппит этиитэ. Кини өссө сэбиэскэй кэм саҕана биир улууска бара сылдьан тэрээһин кэмигэр олохтоохтортон: “Тураах оҕото тураах, саха оҕото тоҕо саха буолбатый?” — диэн истибит үһү. Сөптөөх этии эбээт.

edersaas.ru
Аҕыйах хонуктааҕыта “Саха тыла – иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ” диэн бэрт туһалаах кэмпириэнсийэ буолан ааста. Баҕар, ким эрэ бэйэлэриттэн көлбөрүтүнэр ньымалара диэн сөп эрээри, тылбыт сайдыыта эбэтэр кэхтиитэ эйгэттэн, хас биирдиибититтэн улахан тутулуктаах. Бүгүн кэмпириэнсийэттэн саамай сүмэтин, тыл үөрэхтээхтэрин көрүүлэрин түмэн сырдатыам.

МУРУН “Й” УОННА “Ҥ” ДОРҔООННОР

Мурун “й” дорҕооно 1939 сыллаахха диэри алпаабыппытыгар киирэ сылдьара. Нууччалыы алпаабыкка көһөргө наадата суох курдук көрөн сотуллубута. Ол түмүгэр, мурун “й” дорҕоону аныгы саха өйдөөн истибэт буолла. Билигин “ҥ” дорҕоон эмиэ ити курдук симэли­йэр кутталлаах. Холобура, “хатыҥ” оннугар “хатын”, “көрүҥ” оннугар “көрүн”, “олоҥхо” оннугар “олонхо”, “тэҥнэһэр” оннугар “тэннэһэр” диир буоллулар. Онон 1939 сыллааҕы алҕас хатыламматын туһугар үлэлэһиэхтээхпит.

КҮНДЭ ТИЭРМИНЭ

Тиэрмин наадатын өссө оччоотоҕу суруйааччылар, айар тыл аҕата А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйтөн саҕалаан, Алтан Сарыннаах, Күндэлээх олох эрдэ өйдөөбүттэр эбит диэн үнүстүүт дириэктэрэ Гаврил Торотоев этэр. 1930 сылтан саҕалаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри, уопсайа, отуттан тахса тылдьыт таҕыста диэн бэлиэтииллэр уонна учуонайдар тиэрмини оҥорууну түөрт кэрдиис кэмҥэ араараллар.
А.А.Иванов-Күндэни саха тиэрминин акылаатын уурбут киһинэн билинэллэр. Күндэ киллэрбит тиэрминнэрэ: “салалта”, “сурадаһын”, “кэхтии”, “ньиэп”—“сир арыыта”, о.д.а. күн бүгүнүгэр диэри күннээҕи олохпутугар киирэн бэрт судургутук туттуллаллар. Бэйэтин кэмигэр тыл үөрэхтээхтэрэ син мөккүһэн, ырытыһан эрдэхтэрэ.

АЛТАН САРЫН КӨРҮҮТЭ

“Г.В.Баишев-Алтан Сарын бэрт үчүгэй өйүктэрдээх (идиэйэ) этэ. Өйүк диэн кини тыла. Өскөтүн Ойуунускай, Алампа, Күндэ түүр тылын тиэрмин оҥорорго соччо туһаммат эбит ­буоллахтарына, Алтан Сарын — түүр тылын үөрэхтээҕэ, уруулуу омуктарбыт тылларыттан ханыылыы тыллары киллэриэххэ сөп диирэ. Холобура, “билим” диэн тыл туроктарга, казахтарга эмиэ баар, наука диэн суолтаҕа туттуллар. Алтан Сарын атын тылынан солбуйбат эрэ түгэҥҥэ нууччалыы тыл дорҕоонун сахатытыахтаахпыт диэн этэрэ. Тоҕо диэтэххэ, ити саамай судургу ньыма буолар. Оттон биһиги төттөрүтүн баран иһэбит”, — диэн Гаврил Торотоев этэр. Кырдьык, тылы сахатытар уустуга суох. Ол эрээри, норуот ону тоҕо эрэ соччо биһирээбэт. Баҕар, ол иһин аныгы ыччат колледж-кэллиэс, бухгалтер-буҕаалтыр диэн сахатыйбыт тыллары ылыммата буолаарай?

АНЫГЫ ТИЭРМИННЭР

Кэлин сахалыы тиэрминнэр кыралаан киирэн эрэллэр. Предприниматель-урбаан, музей-түмэл, наука-билим, интэриниэт-куйаар ситимэ хото туттуллар буоллулар. Гаврил Торотоев этэринэн, билигин болуоссат (площадь) — тулаһа диэн саҥа тиэрмини үөскэтэн, ону туттар мөккүөр бара турар диэн этэр. “Тулаһа” диэтэххэ, балачча киэҥ сир көстөр диэн быһаарар. Онон болуоссаты “тулаһа” диэххэ сөп диир кини.
Манна даҕатан эттэххэ, саҥа тиэрмини киллэрэргэ холонор дьон син бааллар. Ол эрээри, ону биир сүрүннүүр, киэҥ араҥаҕа тарҕатар билиҥҥитэ тоҕо эрэ кыаллыбат. Холобура, селфи — сирэйбэ, сотовай төлөпүөн — сиэп төлөпүөнэ, резюме — бэйэбил, тиэмэлэринэн уо.д.а. тыллары бэркэ сахатыппыттара. Ити курдук тас эйгэттэн киирэр аныгы тыллары кэмигэр ханыылыы тылын булан, солбу­йан, муҥ саатар сахатытан, күннээҕи олохпутугар туттан иһэрбит эбитэ буоллар, син олохсуйуох этилэр.

ДАПСЫ ЭТИИТЭ

Билигин даҕаны сорох тылларга мөккүөр барар. Оннук буолуохтаах даҕаны. Норуот онтон сөптөөҕүн бэйэтэ сиидэлээн хаалларар. Кини маныаха чаҕылхай холобуру этэр. Платон Ойуунускай “тийээтир”, оттон Алампа “тыйаатыр” диирэ диир. Оччолорго ити курдук икки араастык туттуу баара. Билигин “Сахалыы таба суруйуу тылдьытыгар” “тыйаатыр” диэнинэн киирэ сылдьар.
“2001 сыллаахха ким да саҥарбатын үрдүнэн, “учууталыҥса” диэн тылы киллэрэ сатаабыттара. Ону норуот ылыммата, “учуутал” дии сырытта. Махтанабын, сахам норуотугар. Аны 1940-1942 сыллааҕы таба суруйуу тылдьыттарыгар нуучча тылыгар чугаһатан “баланыысса” дэтэ сылдьыбыттара. Ол олоххо киирбэккэ, дьон ылыммакка баччаҕа диэри “балыыһа” буола сылдьар. Билигин эмиэ нууччалыыга чугаһатан “начаалынньык”, “бэрэссэдээтэл” дэтэллэр. Бу саха тылын сайыннарбат, таҥнары тардар, толоос тыл оҥорор, тыл эстетикэтигэр сөп түбэспэт”, — диэн кини бэлиэтиир. Ити курдук тыллар саха тылын төрдүттэн уларыталлар диэн этэр.

«МАРТ ЫЙГА ЮНОШАЛАР ВОЛЬНАЙГА…»

Кэмпириэнсиэйэҕэ успуорт тиэмэтин эмиэ болҕомтоҕо ыллылар. Дапсы: “Март ыйга юношалар вольнайга соревнованиеларыгар спорт школа перспективнэй воспитаннига схваткаларын досрочно чистайдаан командатыгар решающай бааллары биэрбитин особо отмечайдыыбын”, — диэн ким эппитин ыйбакка туран холобурдаата. Саха тылын эмчитэ хаарыаннаах үчүгэй бырааһынньыктары, санаа көтөҕүллүүлээх күннэри нууччалыы буккуйан саҥаран көлбөҕүр­дэллэр диир.
Аны туох баар кыайыылаах, ситиһиилээх спортсмены боотур дииллэрин холобурдуур. Итиэннэ боотур диэн сэптээх-сэбиргэллээх, киһини өлөрөр кыргыс киһитэ диэн быһаарар. Маны тэҥэ “Бөҕө” уонна “бөҕөс” диэн тыллары бутуйалларын этэр. Бөҕө — саамай үрдүкү кэрдиис буолар. Холобура, Буучугурас Бөҕө, Тараҕай Бөҕө. Оттон бөҕөс – тустуук.
Ыһыахха күрэхтэһэр буоллахха “бег” (“сүүрүү”) дэммэккэ “сырсыы” диэн быһаарар. Ким куотарын билээри, сырсаллар диэн этэр.
Аны үгүстүк туттуллар “мас тардыһыы” “мас тардыыта” да дииллэрэ сыыһатын ыйар уонна сөптөөҕө “мас тардыһыыта” (“быа көтүүтэ”, “ат сүүрдүүтэ”) уларыйыа суохтаах диэн этэр.

ТҮМҮК

Таба суруйуу тылдьыта сахаҕа сокуон буолуохтаах. Хомойуох иһин, бу “сокуону” билиҥҥитэ бары тутуспаппыт. Ол иһин, соторутааҕыта тиэрмиҥҥэ үлэлэһэр биирдиилээн дьон түмсэн мунньах ыыттылар уонна тылы сыыһа туттуу иһин тэрилтэлэргэ ыстараап көрүөх баара диэн санааларын эттилэр. Ол кылгас бэлиэтээһиммин edersaas.ru саайтка таһааран, батсаапка учууталлар бөлөхтөрүгэр ыытаммын, сэмэлэнэн турардаахпын. Дьон сокуону кэстэҕинэ тоҕо эрэ аччаабыта ыстараап көрүллэр, улааппыта хаайыыга бараллар. Тылы сыыһа туттууну, хомойуох иһин, аныгы кэмҥэ ыстараап эрэ көннөрөр кыахтаах. Холобура, тэрилтэ аатын сыыһа суруйуу, оптуобус тохтобулун сыыһа ааттыыр иһин. Саха тылын туһугар аҥаардастыы тыл үөрэхтээхтэрэ, иһитиннэрэр-биллэрэр эрэ эйгэ буолбакка, норуот барыта үлэлэһиэхтээх.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0