Саха сиригэр 1,33 мөлүйүөн га иэннээх сир умайда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

От ыйын 24 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 45 900 га иэннээх 17 баһаары умулларыы үлэтэ бара турар диэн СӨ ойуур хаһаайыстыбатын департамена иһитиннэрэр. 


Бүгүҥҥү күҥҥэ, Үөһээ Бүлүүгэ 4045 га иэннээх — икки , Бүлүүгэ 5930 га иэннээх — түөрт , Горнайга 20 005 га иэннээх — икки, Кэбээйигэ 6372 га иэннээх — икки, Намҥа 5150 га иэннээх — икки, Ньурбаҕа 572 га иэннээх — икки, Өлүөхүмэҕэ 8 га иэннээх —биир баһаар баар.

Кэбээйигэ 3627 га иэннээх — биир, Хаҥаласка — 191 га иэннээх — биир баһаар тохтотулуннулар.

Баһаары умулларыыга 809 киһи уонна 92 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар.

«Интерфакска» СӨ ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ биллэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ойуур баһаарыгар 1,33 мөл. га иэннээх сир умайбыт.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0