«Сахаэнерго» ууга барбыт нэһилиэктэри уотунан хааччыйар

Бөлөххө киир:

Орто Халыма Сыбаатайыгар уонна Арҕахтааҕар уу таһыма күн бүгүнүгэр диэри түһэ илик. Энергетиктэр ууга барбыт нэһилиэктэри электричество уотунан хааччыйан, дизельнэй станциялар үлэлии тураллар.

www.edersaas.ru

«Сахаэнерго» хампаанньа ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна гражданскай оборонаҕа салаатын начаалынньыга Борис Сивцев иһитиннэрбитинэн, Арҕахтаахха уонна Сыбаатайга баар ДЭС-тэр үрдүк сиргэ турар уонна уот ситимнэрин опоралара эрдэттэн бөҕөргөтүллэн, халаан кэмигэр уоту араарбатахтар. Билигин Сыбаатайга 3-с №-дээх дизель-генератор үлэлиир. Саппаас үс генератордаахтар. Арҕахтаахха эмиэ 3-с №-дээх генератор үлэлиир, 4-с №-дээхтэрэ өрөмүөҥҥэ турар.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0