Сахалар дьонноох эбиппит!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Оҕо эрдэхпинэ кырдьаҕастар бэркэ соҥуоран олорон:

— Ыччаппыт кэҕиннэ, киһи хараҕын толорор көрүҥнээх бөдөҥ-садаҥ дьон суох буоллулар, сэрии-сут сыллар содуллара хас көлүөнэҕэ барар?.. — дииллэрин өйдүүбүн.

edersaas.ru.

Кырдьык, биһиги аҕаларбыт-ийэлэрбит оҕо саастара Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар түбэһэн, ойуоккалыы оонньуур оннугар холкуос сэниэни эһэр ыарахан үлэтигэр миккиллибиттэрэ. Ол түмүгэр, үксүлэрэ эдэрдэриттэн арҕана ыарыһах буолбуттара, кылгас үйэлэнэн, элбэх оҕону тулаайах хаалларбыттара. Кинилэр ыччаттара, биһиги, 1950-с — 1960-с сыллардаах төрүөх көлүөнэ, эмиэ отох соҕус дьон буоламмыт, ытык кырдьаҕастабытын итинник муҥатыттахпыт.

— Былыргылар “тииҥ тириитэ сонноох бухатыырдар баар буолуохтара” диэбиттэрэ кэлэн эрэр быһыылаах, — дэһэллэрин ол сахха саха уолаттара кыра эрэ ыйааһыҥҥа тусталлара эмиэ бигэргэтэр курдуга…

Кэлин биллэххэ, улахан да ыйааһыҥҥа холонор бөҕөстөр суох буолбатах эбиттэр. Ити эрээри, оччолорго саха тренердэриттэн кыра ыйааһын тустууктарын эрэ бэлэмнииргэ ирдииллэрин түмүгэр, ыарахан ыйааһыҥҥа киирсэр кыахтаах уолаттар дьиэ иһинээҕи түһүлгэнэн муҥурдаммыттар.

                                  Айаал Лазарев тренерэ Иван Сивцевы кытары

Бу кэлиҥҥи уонча сылтан бэттэх ыарахан ыйааһыҥҥа аан дойду бэртэрин кытары эрбии биитин курдук тэҥҥэ эриһэр эр бэрдэ баар буолбута саха тыллааҕы барытын сэргэхситтэ. Ол курдук, Амма уола Айаал Лазарев муҥутуур ыарахан (125 киилэ) ыйааһыҥҥа саха дьоһуннук тустар кыахтааҕын көрдөрдө! Кини суол тэлэн, санааларын күүһүрдэн, ыарахан ыйааһыҥҥа киирсэр саха бөҕөстөрө элбээн эрэллэр уонна араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһэр буоллулар. Ити аата номоххо кэпсэнэр саха бөҕөлөрүн, буулаҕа күүстээхтэрин ситимнэрэ быстыбатах.

                                        Айаал Лазарев дьарыктыыр оҕолорун кытары

Мин иннибэр Миитэрэй Наумов “Азия континенын дуолан бухатыыра Айаал Лазарев” диэн саҥа таһаартарбыт кинигэтэ сытар. Киһи биир тыынынан ааҕар баай ис хоһоонноох, элбэх хаартыскалардаах, тустуу уратыларын, көбүөр ис-тас “оонньууларын” уо.д.а. арыйан көрдөрөр бэртээхэй кинигэ.

Күндү доҕоттор, ыарахан ыйааһыннаах бөҕөһү дьарыктыыр методика, база суох сириттэн тахсыбыт саха уола аан дойду уон бастыҥ бөҕөһүн кэккэтигэр хайдах киирбитин уонна кини тустуу туһунан тугу саныырын ааҕыҥ итиэннэ эдэр киһини харыстаан, сэмээр, киэн тутта этиҥ:

— Сахалар дьонноох эбиппит!

                                             Айаал Лазарев доҕотторунуун

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0