Сбербаан ипотека кирэдьиитин 6,7% диэри түһэрдэ

Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 9 күнүттэн Сбербаан саҥа тутуллубут дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһарга промо-аахсыйа биллэрэн, ипотека кирэдьиитин бырыһыанын түһэрэрин туһунан биллэрдэ. Ипотека муҥутаан 0,9 кыччаан, саамай кыра бырыһыан 6,7% буолуо. Олохторун страховкалаабыт уонна дохуоттарын бигэргэппит дьон 7,1-9,5% кирэдьиит ылар кыахтаныахтара.

edersaas.ru

Оттон саамай кыра 6,7-9,1% бырыһыаҥҥа 3,8 мөл үөһэ сууманы промо-аахсыйа чэрчитинэн 2018 с. атырдьах ыйын 31 күнүгэр эрэ диэри ылыахха сөп. 6,7 % диэри ипотека муҥутаан саамай намтаабыт кирбиитэ нэһилиэнньэ киэҥ араҥата дьиэлэнэригэр саҥа кыаҕы арыйыа.

Онон, дойду бэрисидьиэнэ Владимир Путин туруорбут соруктара уталыппакка олоххо киирэн эрэллэр.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0