Сэлии уҥуоҕуттан 100-150 үйэ сыппыт үҥүү төбөтүн булбуттар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 7 күнүгэр сайын Усуйаанаҕа сэлии уҥуоҕун иһигэр булуллубут үҥүү төбөтүн туһунан Сэлии мусуойугар археологтар суруналыыстарга кэпсээтилэр. edersaas.ru


Семен Григорьев, Сэлии мусуойун салайааччыта, биология билимин хандьыдаата:

— Үҥүү төбөтүн былырыын сайын Усуйаана улууһугар Сыалаах үрэх кытылыгар сэлии муоһун көрдөөччүлэр булбуттара. Булумньу дэҥ көстүү буолар. Тоҕо диэтэр, үҥүү олус үчүгэйдик сэлии муоһунан оҥоһуллубут, икки өттүнэн бии угуллар уйалаах уонна алдьаммакка, биһиги кэммитигэр тиийбит. Маннык булумньулары атын регионнарга, Европа дойдуларыгар булааччылар. Оттон биһиги булумньубут оҥоһуута муҥутуур үчүгэй. Аҥардас бии угуллар уйата уһанар үнүстүрүмүөнүнэн оҥоһуллубут курдук уонна олус сытыы. Ханнык кэмҥэ оҥоһуллубутун быһаара сылдьабыт. Быһа холоон үрдүкү палеолит 15-10 тыһ. сыл анаараа өттүгэр оҥоһуллубут диэхпитин сөп. Ити саҕана сэлии өлөн-сүтэн эрэр кэмэ. Үҥүү төбөтө эдэр саастаах сэлии уҥуоҕун иһигэр булуллубута. Ол эрэн, сэлиини ити үҥүүннэн өлөрбүттэр диир кыахпыт суох. Үчүгэйдик үөрэттэхпитинэ, сылын быһаардахпытына элбэх ыйытыкка хоруйдуо этибит.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0