Сэтинньиттэн “анонимнай” сайтар бобулуннулар

Бөлөххө киир:

Интэриниэт сайтарыттан босхо киинэлэри, ырыалары хачайдаан ылыы мантан ыла уустугуруо. Сэтинньи 1 күнүттэн Роскомнадзор бобууларын туоруур анонимайзердары (VPN, TOR, о.д.а.) бобор сокуон олоххо киирэн эрэр.

edersaas.ru.


Ол эбэтэр Роскомнадзор сорох сайтарга блокировка туруорар. Холобур, экстремизмы, порнографияны тарҕатар сайтарга. Ону сорох дьон анонимайзеры туһанан, ол сайтары арыйар кыахтаахтар. Бу сокуон олоххо киирдэҕинэ, анонимайзеры туһаммыт киһи ыстараап төлүүр (5000 солкуобай).

Сокуон көрдөтөр сайтары (“Яндекс”, “Гугл”)  эмиэ таарыйар. Ол эбэтэр бу көрдөтөр сайт, холобур, “Гугл”, бобуллар сайтары таһаарар буоллаҕына, 500-700 тыһ. солкуобайга ыстарааптанар.

Ол да буоллар, анонимайзердары толору суох гынар кыаллыбата буолуо. Кытайга Интэриниэти цензура көмөтүнэн күүскэ хонтуруоллууллар эрээри, син биир анонимайзердары кыайа иликтэр.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0