Өссө хойут буолбатах, маҥан баттах аҕыйах… (БЛОГ)

Бөлөххө киир:

Санныбар эмиэ биир кыс хаар ууллан эрэр. Саас кэлэн, сырдаан, сылыйан, оннооҕор биһигинньик дьон дьиэҕэ хаайтаран сыппакка, таһырдьа талаһар буоллубут эбээт!. Эмээхсиммин кытары пааркаҕа күүлэйдээн, аргыый аҕай хааман, салгын сиэн кэлэбит. Бу да биһиэхэ улахан үлэ.
Пааркаҕа хайыһардыы, хаалыктаах хаама, сүүрэ сылдьар дьон элбээбитэ харахха быраҕыллар. Киһи үөрэрэ диэн, саастаах дьон хаамар, сүүрэр буолбут. Эмээхситтэр, дьэ, тайахтарын тута-тута, кус оҕолорунуу субуруһуу… Барахсаттар, сааһыран баран өйдөнөн, доруобуйабытын ыт сиэбэт буолтун кэннэ, көннөрө сатыыр буоллахпыт үһү, киһи да күлэр!..
Бэйи, ол гынан баран, тимирэн эрэр киһи оттон тардыһар, сааһырдарбыт да, хачымахтаһан, туһалыы түһэрбит буолуо ээ. Ол урут үлэҕэ, түбүккэ үтүрүйтэрэн, доруобуйа эрэ туһунан санаабат этибит. Ыарыйдахха да, сытыаҥ баара дуо, эмп иһэ-иһэ сүүрэ сылдьар буоллаҕыҥ. Киһи акаары да буолар эбит, саамай күндүтүн – доруобуйатын эдэр эрдэҕиттэн харыстыахтаах, бөҕөргөтүөхтээх эбит.
Көр, итинник санааттан, былырыыҥҥыттан ыла сарсыарда эрдэ болуоссакка тахсан, сэрээккэлиир буоллум ээ. Бэрт да бэрт! Оҕонньоттордуун да сэлэһэргэ, аралдьыйарга үчүгэй. Дьэ, доҕоор, 70 сааһын туолан баран, сүүрэр буолбут оҕонньордуун билистим. Көр, биэс сыл сүүрбүтүн кэннэ туох баар ыарыыта харахтан сыыһы ылбыт курдук сүтэн хаалбытын, көрөн итэҕэйдим ээ. Бэрт сэргэх, “тэп” курдук сэгэлдьийэ сылдьар буолбут.
Ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалсыбат дииллэринии, мин да бэдьэйэн көрүөх баҕайыбын дуу… Онон быйыл да болуоссаттарга сэрээккэлэр саҕаланалларын кэтэһэбин. Оттон эмээхсиним үһүс диир дуу, төрдүс дуу, быһата, хаһыс эрэ саас оскуолатыгар барыам этэ диэн мээрилиир буолбут. Дьүөгэлэрэ сылдьаллар, ыллыыр-үҥкүүлүүр буолбуттар, тус олохторо дьэ, саҕаламмыт үһү. Онтон эмиэ да, сааһырбыт киһи дьиэ бөҕө, сиэн хамначчыта буолуоҕунааҕар, сырыттын, олоххо тардыстын ээ.
Дьэ, уонна, саас кэлэн, куоракка күн аайы тэрээһин бөҕөө! Хаһыаты, тэлэбииһэри ааҕан, көрөн да киһи ситиэ суох үлүгэрэ. Сылгыһыттар күннэригэр, табаны сүүрдүүгэ сылдьаммын, бэркэ сэргэхсийдим. Туундара дьоно барахсаттар, көрөрдүүн-истэрдиин, туттардыын-хаптардыын атын буоллахтара үһү. Дьиҥнээх айылҕа оҕолоро буоллахтара.
Биир балааккаҕа киирбиппэр, ыалдьытымсах хоту дьоно аһатан-сиэтэн, улар миининэн, куобах этинэн, таба тылынан күндүлээтилэр. Итии чэй иһэн дьагдьайбытым ааһан, тириим тэнийиэр диэри сэлэһэн, астынан таҕыстым. Хор, хоту дойду дьонун үтүө үгэстэрин сүтэрэ иликпит эбит диэн күлүкпэр имнэнним…
Биэтэс Билээхэп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0