Саха сиригэр федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы тирээтэ

Бөлөххө киир:

Күн бүгүн Амма, Уус Маайа, Таатта, Чурапчы, Хаҥалас улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка ыксаллаах быһыы-майгы режима биллэриллэн турар.

«РФ ЫББМ миниистирин э.т. Владимир Пучков эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ сорох улуустарыгар федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы режимин киллэриэхтэрэ, онно докумуон бэлэмнэнэ турар», — диэн Нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа куттала суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Лепчиков билиһиннэрдэ.     

edersaas.ru

Билиҥҥи туругунан 7 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 500 тахса уһаайба, 570 киһи, онтон 140 оҕо олорор 200 дьиэтэ ууга былдьанна.

Эбэ үрдүнэн бөртөлүөтүнэн көтө сылдьан муус хайдах баран иһэрин тустаах үлэһиттэр кэтээн көрөллөр. Уус Маайаҕа дизель-генератор, бородуукта, эмп-томп, суотабай сибээс үлэтин хааччыйар электростанция уонна аккумулятор тиэрдиэхтэрэ. «Якутскэнерго» үлэһиттэрэ уот ситимин чөлүгэр түһэриинэн дьарыктаныахтара.

«Быйыл 5 суукканан муус эрдэ хамсаата. Табаҕа аннынан муус хойуу, ыам ыйын 15 күнүнээҕи туругунан уу таһыма — 1006 см., Кангалааска — 763 см., Дьокуускайга — 641 см., (ыксаллаах көрдөрүү —1034 см.) муус турар. Онон, кэлэр сууккаҕа уу таһыма Сахабыт сирин киин куоратыгар, Табаҕаҕа 0,5-1 м. үрдүүр чинчилээх. Хаҥалас улууһугар уу таһыма түһэн эрэр», — диэн Тулалыыр эйгэҕэ, гидрометереологияҕа Саха сиринээҕи управление гидрометеорологическай киинин начаалынньыга Александр Аржаков иһитиннэрдэ.

Алдан өрүскэ Күп нэһилиэк аллараа өттүнэн муус харыыта туоратыллыбыта даҕаны, гидропост таһыгар уу таһыма үрдээн, Томпо улууһун нэһилиэнньэлээх пууннарыгар халаан уута ыксаллаах көрдөрүүгэ чугаһыыр кутталлаах.

Амма өрүскэ Харбалаахха уу таһыма кутталлаах кирбиини 107 см. куоһаран, өссө 15-20 см. эбии үрдүүр чинчилээх.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0