Степанида Артахинова Европа чөмпүйэнээтигэр иккис эргииргэ таҕыста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Чехия Пльзень куоратыгар ПОДА-лаах спортсменнар ортолоругар оҕунан ытыыга Европа чөмпүйэнээтэ буола турар. Быйыл манна 26 дойдуттан 127 охчут күрэстэһэр.

Европа, аан дойду чөмпүйүөнэ Степанида Артахинова биир бастыҥ көрдөрүүлэнэн иккис эргииргэ таҕыста.

Бүгүн хамаанданан, сарсын биирдиилээн спарринг буолуоҕа. Атырдьах ыйын 17-гэр хамаанданан, 18 чыыһылаҕа биирдиилээн күрэхтэһиилэр саҕаланыахтара.

2016 сыллааҕы Европа чөмпүйэнээтигэр Арассыыйа охчуттара 4 кыһыл көмүс, 5 үрүҥ көмүс, 2 боруонса мэтээллэнэн хамаанданан бастакы миэстэни ылан тураллар.

Роман Попов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0