СУҺАЛ: Андрюшкиноҕа уу эбиллэ турар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Халаантан эмсэҕэлээн, ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимигэр киирбит нэһилиэктэргэ балаһыанньа хайдаҕый?

edersaas.ru


Аллараа Халымаҕа

Алаһыай эбэ хаатыттан тахсан, Андрюшкиноҕа бөртөлүөт түһэр уонна күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа былаһааккалара ууга сыталлар. Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. И.А.Вырдылин хамандыырдаах уон байыастаах уоттан быыһыыр этэрээт балаһыанньаны хонтуруоллуур. Уу таһыма 936 см тиийэн турар, сууккаҕа үс сантиметрынан эбиллэр.

Орто Халымаҕа 

Сыбаатайга  уу алта ыал дьиэтигэр киирэн, 25 олорор дьиэ (ол иһигэр хастыы да кыбартыыралаах уопсайдар) итиэннэ биэс тэрилтэ дьиэтин тиэргэннэрин ылан, бөһүөлэк иһигэр дьон тыынан сылдьаллар. Олохтоох дьаһалтаҕа суһал ыстаап үлэлиир. Улуустан В.Т.Гоголев хамандыырдаах уон киһилээх баһаарынай этэрээт тиийэн көмөлөһө сылдьар. Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Билигин уу таһыма 748 см буолла, сууккаҕа 4 эрэ см түһэр.

Арҕахтаахха уу 19 дьиэни, ол иһигэр балыыһаны, оскуоланы, ДЭС ылан, 46 дьиэ тиэргэнигэр киирэн турар. Сүөһүнү-сылгыны олохтоохтор ыраах, уу ылбат сиригэр өссө эрдэ көһөрбүттэрэ. Нэһилиэк дьаһалтатыгар тэриллибит суһал ыстаапка көмөҕө уон алта киһи (быыһааччылар уонна уоттан быыһыыр этэрээт байыастара) тиийэн үлэлии сылдьар. Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Уу таһыма 897 см тиийэн турар, төрүт түспэт.

Өймөкөөҥҥө

Куйдуһун өрүс халааннаан Томторго муостаны алдьатан, Орто Балаҕаҥҥа диэри айан суола быһылынна.

Куйдуһун таһыма үрдээн уонна муостаҕа киирэр федеральнай суолга икки-үс миэтэрэ кэтиттээх аппа үөскээн, муоста бэс ыйын 16 күнүттэн сабыллан турар. Инньэ гынан, дьону уонна аһы-үөлү, таһаҕаһы икки мотуордаах оҥочонон туораталлар. Суһал медицинскэй көмө наада буоллаҕына, эмп-томп саппааһа итиэннэ хаайтарыы уһуур түбэлтэтигэр, бэкээринэҕэ 10 туонна бурдук хасааһа оҥоһулунна. Бэс ыйын 6 күнүттэн Суол пуондатыттан үп көрүллэн, «Бриз» ХЭТ муостаны оҥорууга үлэлии сылдьар. Ол бүтүөр диэри ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһатылынна.

Өлүөхүмэҕэ

Чаара үрэх уута Токкоҕо түөрт ыал дьиэтин, суолу итиэннэ ходуһалары ылла.

Бэс Күөлүгэр уон ыал дьиэтин ылбыта. Билигин уу түһэн, дьоннор дьиэлэрин куурда, ыраастыы сылдьаллар. Олохтоох дьаһалта аах оҥорон, хоромньуну ааҕар.

Бу туһунан биһиэхэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрдэ.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0