Сунтаарга хаарга сибэкки үүннэрэллэр

Бөлөххө киир:

Сунтаар улууһун Устье сэлиэнньэтигэр баар “Тещин язык” турбазаҕа сыл аайы Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэрин көрсө хаарга сибэкки үүннэрэллэр.

 

Быйыл ытыс иһигэр розалары, дьэрэкээн лыахтары чочуйан, бары кэрэ аҥардары эҕэрдэлээри, үөрдээри бэлэх оҥорбуттар. Былырыын күөх ньургуһуннары, иллэрээ сыл улахан кыһыл розалары оҥорбуттара. Хаартан оҥоһугу сыл аайы Элгээйигэ олорор Семен Тимофеев-Уус Сэмэн оҥорор. Күһүн, Саҥа дьыл иннинэ хаар оҥоһуктар уларыйан иһэллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, «Тёщин язык» Сунтаар улууһугар дьон сынньалаҥын тэрийэргэ утумнаан үлэлиир. Мантан саас катокка хаҥкылыы, хайыһардыы, сыыртан сырылыы, сибиэһэй салгыҥҥа оонньуу-көрүлүү, саунаҕа паардана, бильярдыы, караокеҕа ыллыы, “Бураҥҥа хатааһылыы” киһи бөҕө тоҕуоруһуо. Саас устата 2 тыһыынчаттан тахса киһи кэлэн, сынньанан барар.

Сыл аайы өҥөлөрүн кэҥэтэ, элбэтэ сатыыллар. Манна эбии пейнтбол, салааскалары эргитэр карусель, сноуборд, шашлык буһарар уонна оҕо оонньуур былаһаакката оҥоһуллубуттара.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0