Кулун тутар 27 күнүттэн Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан 30 тоннаҕа диэри хааччахтааһын олохтонуоҕа. Онтон кэлэр ый саҕаланыыта кыһыҥҥы суол сабыллыа.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн массыынанан өрүһү туоруур 50-ча сир баар. Муус устар 1 күнүттэн «Бүлүү» федеральнай суолга Үөһээ Бүлүү, Күндээдэ, Устье аннынан Бүлүү өрүһү итиэннэ Дьаарханынан Марханы туоруурга 30 тоннаҕа диэри хааччахтааһын киириэхтээх. Бу хайысханан массыына сырыыта муус устар 15 күнүгэр сабыллара былааннанар.
Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан суол сабылыннаҕына, Даркылаахтан Аллараа Бэстээххэ диэри сымнаҕас сыттыктаах «Хивус» суудуналар сылдьыахтара.
Суол сабыллыытын кыраапыга:
№ п/п | Өрүһү туорааһын | 30 тоннаҕа диэри | 20 тоннаҕа диэри | 10 тоннаҕа диэри | Сабыллар болдьоҕо |
1 | Үөһээ Бүлүү | 01.04.2017 | 05.04.2017 | 10.04.2017 | 15.04.2017 |
2 | Дьаархан | 01.04.2017 | 05.04.2017 | 10.04.2017 | 15.04.2017 |
3 | Күндээдэ | 01.04.2017 | 05.04.2017 | 10.04.2017 | 15.04.2017 |
4 | Устье | 01.04.2017 | 05.04.2017 | 10.04.2017 | 15.04.2017 |
5 | Кириэстээх | 01.04.2017 | 05.04.2017 | 10.04.2017 | 15.04.2017 |
6
|
Дьокуускай – Аллараа Бэстээх | 27.03.2017 | 31.03.2017 | 10.04.2017 | 15.04.2017 |
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1