Суолу туоруур дьону аһардыбатах суоппардарга ыстараап үрдээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Туоруур сиринэн хааман иһэр киһини аһардыбатах суоппарга ыстараабы 2500 солк диэри үрдэттилэр. Урут ыстараап 1500 солк этэ. Ааспыт бээтинсэҕэ административнай буруйданыы кодексатыгар уларыйыы киирэн, ыстараап биир тыһыынча солкуобайынан үрдээтэ. edersaas.ru

Санатан эттэххэ, суол быһылаанын 33%-на суолу туоруур сиргэ буолар. Оттон буруйдаах-суоппары ГИБДД үлэһитэ бэйэтэ туттаҕына эрэ толору кээмэйдээх ыстараабы суруйар бырааптаах. Автоматическай видеофиксатордарынан быһаарыллыбыт буруйга 1500 солк ыстараап суруллар.

Ыстараабы 20 хонук иһигэр төлөөтөххө, 50% чэпчэтии көрүллэр.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0