Түөрт ойуур баһаарын умуллардылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 19 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ бара турар. Ол курдук, Үөһээ Бүлүүгэ 2903 га, Бүлүүгэ 424 га, Горнайга 8530 га, Кэбээйигэ 5315 га, Намҥа 2507 га,  Уус Маайаҕа 3500 га иэннээх сирдэр умайа тураллар. 

edersaas.ru

Уоту кытта охсуһааччылар 4 баһаары тохтоппуттара бэлиэтэнэр. Ол курдук, Нам улууһун Түбэ нэһилиэгин таһыгар умайа турар 6000 га, Кэбээйигэ 1953 уонна 15 га, Уус Алдаҥҥа 35 га иэннээх баһаардар тохтотулуннулар.

Баһаары умулларыыга уопсайа 575 киһи үлэлиир. Кинилэр истэригэр 321 парашютист уонна десантник баһаарынайдар, 56 ойуур харыстабылын сулууспатын үлэһиттэрэ,  Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин  үлэһиттэрэ,  олохтоох дьон үлэлии сылдьаллар. Маны таһынан, 48 тиэхиньикэ үлэлиир.

Быйыл уопсайа 54 620,29 га иэннээх 148 баһаары умулларыыга үлэ ыытылынна.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0