Табаарыһын өлөрөн, 10 сылга хаайыыга барда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаайыыттан босхолонон баран, көҥүлгэ уһуннук сылдьыбакка, хаттаан буруй оҥорор киһи «рецидивист» дэнэр. Биир оннук бөрөстүүпүнньүккэ суут бириигэбэрэ тахсыбыт.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Суут быһаарбытынан, Мирнэйтэн төрүттээх 37 саастаах киһи 2016 сыл ахсынньы 22 күнэ үүнэр түүнүгэр Сунтаар улууһун Сиэйэ сэлиэнньэтигэр икки атаһын кытта арыгылаабыттар.

Ол аһыы-сии олорон, кини биир киһилиин кыыһырсан бурҕачыйан турбуттар. Устунан охсуспуттар. Онно дьиэлээх хаһаайын анараа табаарыһын көмүскэһэн турбут.

Ону сөбүлээбэккэ, нүһэр ыалдьыт аны кини үрдүгэр түһэн, кырбаан киирэн барбыт. Хаһаайын хоско куотан киирбит.

Кыыла турбут киһи быһаҕы ылан, хоско эккирэтэн киирэн, бу эрэйдээҕи 17-тэ быһаҕынан анньан өлөрбүт.

Сууттанааччы 2010 сыллаахха уорууга түбэһэн, 8 сыл 8 ыйга көҥүлэ быһыллыбыт уонна былырыын атырдьах ыйыгар болдьоҕун иннинэ (УДО-нан) хаайыыттан босхоломмут. Ол тахсан, административнай кэтэбилгэ сылдьыбыт.

Өскөтүн барыллааһын силиэстийэ кэмигэр буруйданааччы киһини өлөрбүтүн билиммит, кэмсиммит эбит буоллаҕына, суут мунньаҕар ол көрдөрүүтүттэн аккаастанан, «бэйэбин көмүскэммитим» диэҥҥэ уларыппыт.

Ол эрэн, киһини соруйан өлөрбүтэ дакаастанан, суут кинини 10 сылга кытаанах режимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.

Бу туһунан РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрдэ.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0