Таксистарга миэрэ ылыллыаҕа

Бөлөххө киир:

“Бу кэнники айан суолугар тахсыбыт саахаллар үчүгэй туруктаах суолларбытыгар буоллулар. Уонна уруулга эдэр дьон олороллор. Онон манна миэрэлэри ылыахпытын наада”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Егор Борисов “Саха” НКИХ ханаалыгар быһа эфир кэмигэр.


Хомойуох иһин, аҕыйах ыйынан быысаһан федеральнай трассаларга киһи өлүүлээх улахан саахаллар буолуталаатылар. Буолаары буолан, аспаалламмыт үчүгэй туруктаах суолларга. Бу туһунан бэлиэтээн туран, Ил Дархан: “Эппиэтинэһи үрдэтиигэ миэрэлэри өссө күүһүрдэрбит наада буолла. Итиннэ дьону таһыыга көҥүлү ылыы, суолга ханна эрэ хааччахтары киллэрии боппуруостара тураллар. Дьон-сэргэ «суоллары тоҕо оҥороҕут, саахал бөҕө тахсар буолла» диэн кытары этэллэр. Онон тэрээһин өттүгэр миэрэлэри күүһүрдэрбит уолдьаста”, — диэн иһитиннэрдэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0