«Саха» НКИХ быһа эфирыгар уол кыыһыгар «кэргэн таҕыс» диэн көрдөстө (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, тапталлаахтар күннэринэн сибээстээн, «Саха» НКИХ» ыытар «Город женщин» диэн биэриитигэр уол таптыыр кыыһыгар «кэргэн таҕыс» диэн көрдөстө. Бу барыта быһа эфир кэмигэр буолла. edersaas.ru

Биэрии тапталлаахтар күннэригэр анаммыт буолан, манна таптаһар пааралар кыттыыны ыллылар. Ол кэмҥэ тугу даҕаны сэрэйбэтэх кыыска уол кэргэн таҕыс диэн эппитигэр сөбүлэстэ. Уол Таатта Игидэйиттэн сылдьар эбит, Павел Матаннанов диэн ааттаах:

— Кыыһым аата Кэчии Бурцева диэн, Уус Алдан Суоттутуттан сылдьар. Сылдьыбыппыт балтараа сыл буолла. Өр баҕайы хайдах «кэргэн таҕыс» диэн этиэхпин толкуйдаабытым. Онтон биир билэр кыыһым быһа эфиргэ этиэххин сөп диэн эппитэ. Онуоха сөбүлэспитим уонна Кэчиини тапталаахтар күннэринэн биэриигэ баран кыттыахха, интервью ылаллар үһү диэн матыыптаан илдьэ барбытым. Кыыһым наҺаа үөрдэ уонна долгуйда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0