Тиийинэн олорор ороскуоппут ыйдааҕы кээмэйэ быһылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ СӨ бырабыыталыстыбата күннээҕи ороскуот кээмэйин (величина прожиточного минимума) бигэргэттэ. Онон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу кээмэй биир киһиэхэ 16 080 солк. олохтонно. Мантан үлэлиир киһиэхэ  — 16 968 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 12 872 солк., оҕолорго – 16 733 солк. тиксэр.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Күннээҕи ороскуот алын кээмэйэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр икки зонаҕа арахсар. Ол курдук Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай итиэннэ Айхал, Удачнай бөһүөлэктэрэ бастакы зонаҕа киирэн, үлэлиир дьоҥҥо алын кээмэйэ – 20352 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 15734 солк., оҕолорго – 19721 солк. быһылынна.
Оттон иккис зонаҕа киирэр улуустарга, ол иһигэр Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мирнэй (Айхалтан, Удачнайтан ураты), Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай олохтоохторугар биир киһиэхэ 15702 солк. олохтонно. Мантан үлэлиир киһиэхэ — 16 571 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 12 522 солк., оҕолорго – 16 352 солк. тэҥнэһэр.
Хомойуох иһин, сорох дьон тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра дохуоту аахсаллар…
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0