Тохсунньуттан МРОТ үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

Алтынньы 23 күнүгэр Госдуума үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) үрдэтэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар ылынна. 2019 сыл тохсунньутуттан МРОТ ыйга 11208 солк. тэҥнэһиэ.


РФ Конституционнай суутун 2017 сыл ахсынньы 7 күнүнээҕи уурааҕынан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр уонна толору хотугу эбиликтээх (0,8) тэрилтэлэр үлэһиттэригэр үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ (оройуон коэффициеннарын уонна хотугу эбиликтэри аахтахха) 2019 сыл тохсунньутуттан тэҥнэһэр:

— 28 200 солк., 1,7 коэффициеннаах Хотугу эргимтэҕэ киирсибэт улуустарга; 

— 31 584 солк., 2,0 коэффициеннаах хотугу улуустарга.

2017-2020 сс. үлэ, социальнай сыһыаннаһыылар эйгэлэригэр бииргэ үлэлэһии туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи сөбүлэһии чэрчитинэн, 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэһиттэр хамнастара  үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах (өскөтүн үлэһиттэр үлэ бириэмэтин нуорматын уонна тус эбээһинэстэрин толорбут буоллахтарына, хотугу эбиликтэри учуоттаан туран).

Тоһоҕолоон эттэххэ, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ хас биирдии үлэһиккэ атын-атын буолуон сөп: төһө өр үлэлээбититтэн, хас бырыһыан эбиликтээҕиттэн, хас оройуоннай коэффициеннааҕыттан, о.д.а.

Онон, үлэ нуорматын уонна оробуочай бириэмэтин толорбут үлэһит ыйдааҕы хамнаһа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн кыра буолуо суохтаах. Быраабым кэһиллэр дии санаатаҕына, үлэһит борокуратуураҕа, суукка, хонтуруоллуур-кэтиир уорганнарга үҥсүөхтээх.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0