Тохсус кэнниттэн кимнээх баралларый?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта биир билэр дьахтарым оскуолаҕа төрөппүт мунньаҕар сылдьан кэлэн баран: “Адьас кырдьыгын эт эрэ, билиҥҥи кэмҥэ кимнээх тохсус кылаас кэнниттэн оскуолаттан баралларый?” — диэн ыйытан соһутта. Орто анал идэлээх дьон бары кэриэтэ үлэнэн хааччыллаллар, үрдүк хамнастаахтар, эргиччи барыстаах диигин эрээри, төрөппүттэр үгүстэрэ, тохсус кэнниттэн үөрэхтэригэр мөлтөх оҕолор эрэ бүтэллэр диэн өйдөбүллээхтэр эбээт диир.

edersaas.ru


Кырдьык, билигин даҕаны төрөппүттэр эрэ буолбакка, бүтүн уопсастыба тустаах боппуруоска өйө-санаата уларыйа илик. Сэбиэскэй кэм саҕана “оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн суруллубатах сокуон баара. Сыыйа олохпут уларыйан, үрдүк үөрэҕи ылар быдан судургутуйбута. Оттон билигин хайдаҕый? Дьон, төһө да орто хамнастаах буоллар, харчы төлөөн да туран оҕотун үрдүк үөрэҕи бүтэртэрэ сатыыр. Ол эрээри, сорох иккилии-үстүү үрдүк үөрэхтээх дьон үлэ булбакка сылдьаллара баар көстүү. Элбэх киһи кыра хамнаска үлэлииргэ күһэллэр. Хастыы даҕаны сылларын үрдүк үөрэххэ бараан, төрөппүттэрин кирэдьииккэ киллэрэн туран үөрэммит үөрэхтэрэ төһө туһаны аҕалла?

Билиҥҥи оҕо аҕа көлүөнэттэн быдан атыннык толкуйдуур. Олорор кэмнэрэ оннук, үрдүк технологияҕа хардыылыыр уларыта тутуу кэмэ. Маныаха төрөппүт, учуутал, улахан дьон эрэ сөпкө салайдахтарына, олохторун укулаатын уурар кыахтаахтар. Оттон биһиги бэйэбит өйбүт-санаабыт онно төһө бэлэмий?

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Уруһуй: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0