«Толомоннор» көҕүлээһиннэрэ – оҕо уһуйааныгар

Бөлөххө киир:

Маҥан сэлиэнньэтин олохтоохторо, элбэх оҕолоох Нарыйаана уонна Тарас Татариновтар «Толомон» уопсастыбаннай хамсааһыннара 91 №-дээх оҕо уһуйааныгар дьиэ кэргэн уруһуйун куонкуруһун көҕүлээтэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Бу уһуйааҥҥа ыарыыны утары охсуһар кыахтара мөлтөх, доруобуйаны эбии чэбдигирдиигэ наадыйар уонна элбэх оҕолоох ыал оҕолоро сылдьаллар.

Муниципальнай оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Раиса Попова, ыстаарсай иитээччи Мария Федотова дьиэ кэргэттэри уонна көхтөөх төрөппүттэри кытта бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн «Толомоннор» бырайыактарын өйөөтүлэр.

Биллэн турар, ханнык баҕарар куонкурустар уонна төрөппүттэр актыыбынастара оҕону сайыннарарга уонна иитэргэ тугунан да сыаналаммат кылааты киллэрэр.

«Дьоллоох дьиэ кэргэн – түмсүүлээх дьиэ кэргэн» диэн тиэмэлээх куонкурус Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүгэр ананна.

Уруһуй  куонкуруһун сүрүн соругунан дьиэ кэргэттэри айар үлэ көмөтүнэн бииргэ түмүү, оҕолор оҥорон көрөр уонна да атын дьоҕурдарын өйөөһүн буолаллар.

Элбэх оҕолоох ыаллар «Толомон» хамсааһыннара көҕүлээбит куонкурустарын кыайыылаахтарынан «Колокольчик» бөлөхтөн Бочкаревтар дьиэ кэргэттэрэ буолла. Бочкаревтартан Никиталара уонна Юлечкалара бу уһуйааҥҥа сылдьаллар.

Кыайыылаахтарга бириистэр туттарылыннылар. Тэрийээччилэр оҕолор тустарыгар кыһамньыларын уурбут, бырайыагы өйөөбүт тэрилтэлэргэ, уопсастыбаннай хамсааһыннарга махталларын биллэрэллэр. Үтүө санаанан салайтаран көмөлөспүт дьон: «Оҕо саас уонна дьиэ кэргэн – хас биирдии киһи сүрэҕэр үтүө эрэ ахтылҕаны саҕар саамай күндү тыллар. Дьиэ кэргэн нус-хас олохтоох буоллаҕына, оҕо саас эмиэ дууһаны сылытар чаҕылхай өйдөбүллэрдээх буолар», – диэн бигэ эрэллээхтэрин көрдөрдүлэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0