Томмот — Аллараа Бэстээх хайысхатынан тимир суолунан пассажирдар бу сыл бүтүүтэ айанныахтарын сөп

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, муус устар 10 күнүгэр, тимир суол тырааныспарын федеральнай агентствота Томмот – Дьокуускай (Аллараа Бэстээх) тимир суола  үлэҕэ киириэхтээх тиһигин тутуу куонкурсун кыайыылааҕынан «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньаны ааттаата.

edersaas.ru

СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров иһитиннэрбитинэн, Аллараа Бэстээх станциятыгар диэри 500 тыһ. т кэриҥэ таһаҕас тиэллэр. Оттон тимир суол бастакы уочарата үлэҕэ киирдэҕинэ, таһаҕаһы тиэйии 2 мөл. тоннаҕа диэри улаатыахтаах. «Бу хайысханан тимир суол үлэҕэ киллэрилиннэҕинэ пассажирдары таһыы саҕаланыаҕа», – диэн миниистир эбэн эттэ. Былаан быһыытынан, Томмот – Дьокуускай (Аллараа Бэстээх) хайысхатынан тимир суолу тутуу 2018 сыл ахсынньы 28 күнүгэр түмүктэниэхтээх. Санатан эттэххэ, бу хайысханан тимир суол быстах кэмҥэ үлэҕэ киллэриллэн, таһаҕаһы эрэ тиэйэллэр.

Анивера АКИМОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0