Томпонон «Халыма» айан суолун уу быста

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, бэс ыйын 27 күнүгэр, «Халыма» айан суолун 651-ис килэмиэтиригэр суолу уу быһан, айан сырыыта тохтообутун «Вилюй» суол салалтатын пресс-сулууспата биллэрдэ.

«Ардах күүскэ түһэн, «Халыма» суол 651-ис килэмиэтирин хайаттан уу сүүрэн, тоҕо түһэн кэбистэ. Улахан тиэхиньикэлэр суолу оҥоро айаннаатылар», — диэн «Вилюйавтодор» салалтата биллэрдэ.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0