Цифровой телевидение кэҥиир, сайдар

Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 25 күнүттэн Хаҥалас улууһун Өктөм, Төхтүр, Чапаев уонна Уулаах Аан нэһилиэктэрин олохтоохторо цифровой телевидение көмөтүнэн 10 канаалы көрөн уонна араадьыйанан биэриини истэн эрэллэр. Цифровой буолан, хаачыстыбата олус үчүгэй.

edersaas.ru


Өктөмҥө цифровой саҥа ханааллары уонна араадьыйанан биэриини эфиргэ таһаарар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Ил Дархан Егор Борисов, Арассыыйатааҕы телевидениенэн уонна радионан биэрии ситимнэрини генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Олег Адамов, «ТрансТелеком» хампаанньа президенэ Роман Кравцов, СӨ сибээскэ уонна информационнай технологияларга миниистирэ Александр Борисов кытыннылар.
«Саха сиригэр нэһилиэнньэлээх пууннар бэйэ-бэйэлэриттэн төһө даҕаны ыраах сыталларын уонна тыйыс усулуобуйалаахпыт үрдүнэн,  Арассыыйа президенэ Владимир Путин дойду үрдүнэн цифровой технологияны күүскэ сайыннарар туһунан туруорбут соругун олоххо күүскэ киллэрэн иһэбит, – диэн Ил Дархан Егор Борисов бэлиэтээн эттэ.
Арассыыйа судаарыстыбатыгар национальнай өттүнэн куттал суох буолууга цифровой экэниэмикэни сайыннарыы инники күөҥҥэ иһэрэ биллэр. Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 148 анал станция туруоруллан, 260 нэһилиэнньэлээх пууну цифровой ханаалынан уонна радиобиэриинэн хааччыйар. 2017 сыл бүтүөр диэри маннык хабааннаах 63 эбийиэк үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр.
Арассыыйатааҕы телевидениенэн уонна радионан биэрии ситимнэрин генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Олег Адамов: «Хаҥалас улууһун түөрт нэһилиэгин олохтоохторо цифровой дэниллэр 10 канаалы босхо көрөр кыахтаннылар. Эһиил өссө 10 ханааллаах иккис мультиплекс киирэрэ күүтүллэр. Билигин үһүс мультиплексы киллэрэр туһунан кэпсэтии барар. Итинтэн сиэттэрэн, судаарыстыбаннай өҥөнү туһаныы киирэн биэриэҕэ. Аны туран, балар буор-босхо буолуохтара», – диэн бэрт сонуну иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, Саха сиригэр цифровой телевидение эбийиэктэрин тутуу 2013 сылтан саҕаламмыта. Билигин 148 анал станция үлэлиир. Эбии 211 станция тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Оччоҕуна 2018 сыл бүтүүтэ Саха сирин олохтоохторо цифровой 20 канаалы босхо көрүөхтэрэ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0