Тускул: «Уонча хонук хаардаах ардах түһүөҕэ» (БИЛГЭ)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тымныйан, үгүспүтүн соһутта. Бүгүн киин куоракка тобурах түстэ, күүстээх тыал сатыылыыр. Кыра кыһалҕалаах киһи таһырдьа быкпат халлаана.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Саха араадьыйатыгар Тускул ыам ыйын 20-23 күннэригэр (кини оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ күн-дьыл туругун туһунан билиһиннэрэр) уонна кэлэр нэдиэлэтээҕи күн-дьыл туругун туһунан билиһиннэрдэ.

Норуот синоптига бэлиэтииринэн, циклон Саха сиригэр икки регионтан кэлэр — Красноярскай уонна Магадаан уобаластартан. Бүлүүгэ түспүт хаар уонна тымныы күн-дьыл Красноярскай кыраайтан кэлбит тымныы циклон дьайыыта. Бу күннэргэ Красноярскайга эмиэ хаардаах, тымныы күн-дьыл турар. Оттон Магадааҥҥа сылыйан биэрэн, хоту улуустарга бу күннэргэ, төһө да хаардаатар-ардаатар, арыый да ичигэс күннэр тураллар.

Тускул Саха араадьыйатыгар: «Ыам ыйын 20-23 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ хаардаах, ардахтаах, тыаллаах тымныы күннэр тураллар. Түүн 1 кыраадыстан 5 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа, күнүһүн 7 кыраадыстан 12 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Күүстэх тыаллаах», —диэн иһитиннэрдэ.

Ньукуолуҥҥа тымныы күннэр буолан эрэллэр. Урукку сылларга бу кэмҥэ сир-дойду көҕөрбүт буолуохтаах этэ. Күн-дьыл хаҕыс буолан, тымныы саас кэллэ. Урут да тымныйбыт кэмнэрдээх. 1957 сыллаахха 10 кыраадыска тиийэ тымныйа сылдьыбыт. Сылыйа сылдьыбыт кэмэ — 1981  сыл: 23 кыраадыс сылаас. Оттон былырыын баччаларга түүн — 9  кыраадыс тымныы, күнүс — 10 кыраадыс сылаас этэ. Күн балайда уһаата. Ол курдук, күн тахсыыта 3 чаас 18 мүн. Киириитэ — 9.20 мүн. Күн уһуна 18 ч.02 мүн. буолла, — диэн бэлиэтиир Тускул.

Халлаан туруга күн эстиитин кытта ыкса сибээстээҕин туһунан норуот синоптига бэйэтин иһиттиннэриилэригэр өрүү бэлиэтиир:

— Күн эстиитэ олох мөлтөөтө, онон сылааһын биэрэрэ аччаата. Онон быйыл эмиэ сөрүүн сайын буолуоҕа. Төрүөтэ — сылаас кыһын. Тохсунньу уонна ахсынньы сылаас буоллахтарына,  от ыйа уонна бэс ыйа тымныы буолаллар. Күн эстиитэ буолар күнэ киһи ис туругар дьайар. Онон «куһаҕан» диэн этэр күммүт бу өрөбүлгэ — ыам ыйын 21 күнүгэр түбэһэр. Бу нэдиэлэҕэ — ый эргэрэр кэмэ. Ол курдук, ыам ыйын 19-24 күннэригэр ый төрдүс чиэппэрэ буолар. Ый эргэрэр кэмэ дьарҕа буолбут ыарыыны эмтэнэргэ сөп түбэһэр. Бу кэмҥэ иһи-үөһү ыраастаныы буолан,  аччыктыыр, элбэх ууну иһэр ордук.Сүһүөҕү эмтэнэргэ табыгастаах кэм.

Тускул кэлэр 10 хонугу — ыам ыйын 20 күнүттэн 31 күнүгэр диэри маннык билгэлээтэ:

Киин улуустарга оптуорунньуктан күнүс 15 кыраадыс буолан, сыыйа сылыйан барыаҕа. Итинник 28 чыыһылаҕа диэри сыыйа, оттон 29 чыыһылаттан 17-18 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Ыам ыйын 24-25 күннэригэр «Ньукуолун ардаҕа» диэн өйдөбүл баар этэ да, бу ардах арыый да хойуутаан түһүүһү. Киин улуустарга ыам ыйын 22 күнүгэр — Ньукуолун күнүгэр ардах оннугар хаардыаҕа. Бүлүү бөлөх улуустарга билигин да өтөрүнэн түспэтэх хаар түһэ  турар. Ньукуолуҥҥа көҕөрүөхтээх этэ да, Бүлүү бөлөх улуустарга кэлэр нэдиэлэ устата тымныы күн-дьыл туруоҕа. Сылыйыы сибикитэ бу эҥэр 30 чыыһылаттан биллиэҕэ. Кэбээйи уонна  Эдьигээн улуустара бүлүүлэри кытта ыаллыы сытар буолан, эмиэ кэлэр  нэдиэлэни быһа итинник тымныы, хаардаах күн-дьыл туруоҕа. Өлүөхүмэ уонна Ленскэй улуустарыгар эмиэ ардахтаах, хаардаах тымныы күн-дьыл. Дьааҥыга лаппа хаардаах күн-дьыл туруоҕа. Өймөкөөҥҥө эмиэ күн аайы ардах-хаар. Халыма эҥэр тымныы күн-дьыл турар. Бу эҥэр 25 чыыһылаттан ыла сөҥүү түһүүтэ тохтуоҕа. Анаабырга кэлэр нэдиэлэ эмиэ хаар-ардах. Онон Красноярскайтан кэлбит тымныы циклон дьайыыта күүстээх буолан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барытынан тоҥордо.

Норуот синоптига бэлиэтииринэн, күн-дьыл туруга ыам ыйын 29-30  күнүттэн тупсан, сайыҥҥылыы сылыйан барыаҕа. Онон уонча хонук тымныы тыаллаах хаардаах ардаҕы тулуйан көрөргө тиийэбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0