Бүгүн — Саха тэлэбиидэнньэтэ төрүттэммитэ 55 сыла

Бөлөххө киир:

Бүгүн Саха тэлэбиидэнньэтэ төрүттэммитэ 55 сыла буолла. Бу үөрүүлээх күҥҥэ анаан Дьокуускайга тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа мусуойа арылынна. «Саха» НКИХ кэлэктиибин СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов эҕэрдэлээтэ.  

Миниистир Анатолий Семенов тэлэбиидэнньэ сүрүн миссиятынан сонуну түргэнник көрөччүгэ тиэрдии, интэриэһинэй биэриилэри бэлэмнээһин, билиҥҥи историяны сырдатыы, култуураны уонна духуобунаһы кэҥэтии, тылы сайыннарыы диэн этэр.

«Саха» НКИХ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн биир инники күөҥҥэ сылдьар хампаанньа буолар. Кылгас кэм иһигэр баар ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир үс ханаалы үлэлэтэр буолла: «Якутия 24», «Саха» НКИХ уонна «Мамонт». Бэйэ оҥорон таһаарыыта сууккаҕа уон чаастан ордук буолла, бу кэлэктиип айар уонна тиэхиньичэскэй ис кыаҕын көрдөрөр. Спутнигынан биэриини олоххо киллэрэн, дьаныардаахтык үлэлээн эрэр. Хампаанньа суруналыыстарын үлэлэрэ Саха сирин таһыгар сыаналанара даҕаны үгүһү этэр. Саха тэлэбиидэнньэтин кэлэктиибигэр интэриэһинэй үлэни, бэриниилээх көрөөччүлэри, саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын. Тэлэбиидэнньэ бэтэрээннэригэр махтанабын«, — диир миниистир.

Анатолий Семенов, маны таһынан, хампаанньа Саха сирин бары муннугуттан быһа эфирдары ыытар кыахтааҕын бэлиэтээтэ.

Айтана АММОСОВА, «Саха сирэ» хаһыат, Еdersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0