Тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр өлбүт хахайы буллулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Абый олохтоохторо СӨ Наукатын академиятыгар хайа хаспаҕын үһүс хахайын тиксэрдилэр. Дьикти булумньуну   булбут киһи аатынан “Борис” диэн ааттаабыттар. Быһа холоон 1,5-2 саастаах буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар.

edersaas.ru

Хахайы соһуччу булбуттар. Ол курдук, быйыл сайын от ыйыгар, Абыйдааҕы мамонт фаунатын хостуур тэрилтэ үлэһиттэрэ, баҕар, мамонт өлүгүн булуохпут диэн биригээдэ тэринэн барбыттар. Уу түспүтүн кэннэ, балаҕан ыйыгар Тирэхтээх өрүскэ академия үлэһитэ Борис Бережнев маҥнай утаа биллибэт кыыл өлүгүн булбут.

Маны барытын хаартыскаҕа түһэрэн учуонайдарга ыыппыттар. Кэлин бу хайа хаспаҕын хахайа (пещерный лев) буолара биллибит. Бу хахай икки сыллааҕыта эмиэ Абыйтан көстүбүт хахай оҕолорунааҕар, салгына суох ирбэт тоҥҥо сыппыт буолан, туруга быдан үчүгэй эбит.

Бу булуллубут хайа хаспаҕын хахайын ириэрбэтэхтэр. Учуонайдар 18 кыраадыстан тымныыга туталлар эбит.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

Хаартыска: Айаал ЧЕРНОГРАДСКАЙ (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0