Тыа сирин сайыннарыыга – 8 миллиард солкуобайы

Бөлөххө киир:

 “Тыа сирин кэлим сайыннарыы” федеральнай бырагыраама сүрүн сыала – Арассыыйа нэһилиэнньэтин 25,3%-на тыа сиригэр олорорун ситиһии, нэһилиэнньэлээх пууннарга дьиэлэр 50% толору хааччыллыылаах буолалларын ситиһии.

Бу чэрчитинэн, дьарыктаах буолууга, тутууга, суолу-ииһи, инженернэй инфраструктураны, толору хааччыллыыны оҥорорго биэс тустаах бырайыак үлэлиир. Федеральнай бырагыраамаҕа урутаан сайдар сирдэр – Уһук Илин, Хотугу Кавказ, Крым, Севастополь, Калининград уонна Арктикаҕа киирсэр сорох сирдэри бастакынан сайыннарыахтаахтар.

Саха сиригэр “Тыа сирин туруктаах сайыннарыы” тус сыаллаах бырагыраама үлэлиир. Манна 2014-2018 сылларга 5 миллиард солкуобай федеральнай бүддьүөттэн, 3 миллиард солкуобай, (барыта 8 млрд. солк.) өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн туттуллубут. Ол түмүгэр, биэс сыл иһигэр  2036 олорор дьиэ (1341 дьиэ – эдэр ыалларга), ону тэҥэ үөрэх, култуура, спорт, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ тутуллубуттар. 163 км гаас ситимэ, 282 км уу турбата, 12 биэлсэр-акушер пууна тутуллубут, 51 бырайыагы гранынан өйөөбүттэр.

Аҥаардас 2018 сылга тыа сиригэр олорор дьоҥҥо анаан, 353 144 тыһ. солк. көрүллэн, 26776 тыһ. кв.м. иэннээх 263 олорор дьиэ тутуллубут.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0