Уһун үйэлээҕи эҕэрдэлээтилэр

Бөлөххө киир:

Уус Алдантан төрүттээх тыыл бэтэрээнэ Екатерина Константиновна Новгородова сэтинньи 5 күнүгэр 100 сааһын томточчу туолла.


Кинини үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова эҕэрдэлээтэ. Ил Дархан Айсен Николаев тус эҕэрдэтин, «Yйэ саас» анал бэлиэни уонна 100 тыһ. солкуобайы үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Ону тэҥэ, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов анаан-минээн кэлэн, биир дойдулаахтарын эҕэрдэлэрин тиэртэ.

Екатерина Константиновна ааспыт үйэ аһыытын-ньулуунун барытын илэ хараҕына көрөн, эт бэйэтинэн билэн кэлбит киһи буоллаҕа. Кыра эрдэҕинэ аҕалара эрдэ өлөн, уон оҕоттон биэһэ эрэ тыыннаах хаалбыта. Томтор оскуолатыгар үөрэммитэ, онтон оччотооҕу олох сиэринэн холкуоска уонна норуот суутугар үлэлээбитэ. 1939 с. кэргэн тахсыбыта. Үс сыл буолан баран, кэргэнэ сэриигэ барбыта уонна 1947 с. эрэ эргиллэн кэлбитэ. Саха сирин араас оройуоннарыгар судьуйанан үлэлээбитэ.

Новгородовтар түөрт оҕону төрөтөн, иитэн, атахтарыгар туруорбуттара. Оҕолоро билигин бары биэнсийэлээхтэр. Екатерина Константиновна элбэх сиэн, хос сиэн минньигэс сытын ылбыт, оҕолоспут дьоллоох. Билигин да кэҥии, тэнийэ турар аймахтар эбэлэрэ олоҕун оҕолоругар, сиэннэригэр анаабыта, билигин кинилэр тапталларыгар сууланан, тапталларыгар, далбардарыгар мааныланан олорор.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0