Уот арахсыытыгар суоппардар эмиэ буруйдаахтар

Бөлөххө киир:

Болҕомтото суох тырахтарыыстан сылтаан, бу саас Дьокуускай куорат Даркылааҕар уот ситимигэр саахал тахсан, 450 ыал биир чаас устата уота суох олорорго күһэллибитэ.

edersaas.ru


«Якутскэнерго» ПАУо Киин электрическэй ситимнэрэ иһитиннэрбитинэн, технологическай саахал үгүс бырыһыана болҕомтото суох суоппардар буруйдарыттан тахсар эбит.

Ыам ыйын 6 күнүгэр Хатаска 0,4 кВ кыамталаах уот ситимин тирэҕин (опора) массыынанан тоҕо анньан, Хатас бөһүөлэгэр саахал тахсан, уот арахса сылдьыбыта. Эмиэ маныаха маарынныыр түбэлтэ Уус Алдан Бороҕонугар ыам ыйын 13 күнүгэр тахсыбыта. Ол курдук, Toyota Corolla массыына суоппара Л-Борогонцы-2 уот ситимин тирэҕэр баран түһэн, бөһүөлэк үрдүнэн уот арахсыбыта.

Билигин  үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарга өрөмүөн үлэтэ  ыытылларынан сибээстээн, массыыналаах дьон уот линияларыгар сэрэхтээхтик сыһыаннаһаргытыгар ыҥырабыт.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0