Ууга барбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга мобильнай сибээс үлэлиир

Бөлөххө киир:

«МегаФон» суотабай сибээс оператора иһитиннэрэринэн, ыам ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, ууга барбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга туһааннаах хампаанньа мобильнай сибээһинэн хааччыйан олорор, ол иһигэр Дьокуускай куоракка сибээс бары өҥөтө оҥоһуллар.

edersaas.ru

«МегаФон» ПАУо Уһук Илиннээҕи филиалын техническэй дириэктэрэ Петр Солодовник: «Амма, Уус Маайа, Уус Алдан, Чурапчы, Хаҥалас, Таатта, Томпо улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка күннэтэ сибээһи хонтуруоллуу олоробут. Бүгүҥҥү туругунан сибээс эбийиэктэрэ ууга барар кутталлара суох. Арай бу улуустарга халаанынан сибээстээн электричество уота арахса сылдьан, суотабай сибээс биирдэ-иккитэ быстахтык сүтэ сылдьыбыта», – диэн кэпсээтэ.

Сибээс эбийиэктэригэр тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскүүр түбэлтэтигэр, тута суһал биригээдэ баран үлэлиэхтээх. «Билигин биһиги сүрүн сыалбыт уонна сорукпут диэн, халаан ылбыт нэһилиэктэрин эрэллээхтик сибээһинэн хааччыйыы буолар», – диэн эбэн эттэ.

Хаартыска: интэриниэттэн.

Биһ. корр., edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0