Уус Алдан улууһун олохтооҕо Полина Куличкина 50-с сылын быыбардыыр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгэр бүгүҥҥү быыбар олус сэргэхтик салҕанан барар. Тыа сирин үлэһит дьоно-сэргэтэ дойдубут, олохпут дьылҕатын туһугар диэн ис сүрэхтэриттэн улаханнык долгуйан туран куоластарын биэрэ кэлэллэр.

—Мин быйыл 50-с сылбын быыбардаатым, — диир нэһилиэк олохтооҕо Полина Михайловна Куличкина. — Биири да көтүппэппин. Урукку өттүгэр быыбар хамыыһыйатыгар мэлдьи үлэлэһэр этим. Былырыыҥҥа тиийэ үлэлээбитим. Бу бүгүҥҥү быыбар ураты, суолтата олус улахан. Инники олохпутун, дойдубут дьылҕатын быһаарар күммүт. Онон киһи сыыспатарбын ханнык диэн эрдэттэн сыта-тура сыымайдаан, уһуннук-киэҥник толкуйдаан, барытын эргиччи үөрэтэн, ыараҥнатан көрөн баран биирдэ быһаарыныыны ылан куолаһын биэрэр. Ол да үрдүнэн мин улаханнык долгуйдум. Өйдүү-саныы, сүрэхпэр тута сылдьар быыбарбар дойдум, өрөспүүбүлүкэм, улууһум, нэһилиэгим дьылҕатын, кэскилин туһугар сөптөөх быһаарыныыны ылыммыт, оҥорбут буолларбын диэн баҕарабын.

Манна даҕатан эттэхпинэ, быйыл дойдубут баһылыгын талар быыбарга бэлэмнэнии үлэ үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Дьон-сэргэ бииртэн-биир ураты санаата, ол иһигэр мөккүөрэ төһө да кыра нэһилиэк буолларбыт, өрө оргуйан олорбута. Оттон мөккүөртэн кырдьык тахсар диэн баар. Онон билигин бары түмүгү долгуйа кэтэһэн, адьас тыҥаан баран олоробут, — диэн эттэ. Онон 277 быыбардааччылаах нэһилиэк бүгүн хойукка диэри уота-күөһэ сандааран олоруо.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0