Дьиэ кэргэн хаһаайыстыбалара 20-30 мөлүйүөнү ылыахтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бааһынай хаһаайыстыбалаах дьиэ кэргэттэр үлэлиир базаларын бөҕөргөтөллөрүн өйүүр сыаллаах куонкурус буолара бу кэллэ.

Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Бааһынайдартан докумуону кулун тутар 6 күнүттэн 15 күнүгэр диэри тутуохтара. Онтон сүүмэрдиир хамыыһыйа ити ый 20-24 күннэригэр үлэлиирэ былааннанар.
Быйылгы куонкурус туох уратылаах буолуой? Бастатан, хаһаайыстыба икки сыл үлэлээбит буолуохтаах. Эрдэ биир сылтан итэҕэһэ суох диэн этэ. Иккиһинэн, грант суумата биллэрдик эбилиннэ. Кыайбыт хаһаайыстыба 30 мөл. солкуобайга диэри грант ылыан сөп. Эрдэ муҥутаабыта 21,6 мөл. солк. этэ. Онон өйөбүл улаатта.
Ол эрээри, ылар күчүмэҕэйдээх буолуо. Грант 40 бырыһыаныгар тэҥ үп бэйэҕэр баар, ол иһигэр 10 бырыһыана харчынан счеккар сытар буолуохтаах. Ордубут 30 бырыһыанын тутуу эбийиэгинэн эбэтэр баантан итиччэ үбү иэс ылар кыахтаах диэн ыспыраапкалаах буолуохтааххын.

Василий Никифоров, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0