Ыһыах ахсаана

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 Самаан сайыны көрсө ыһыахтарбыт саҕаланнылар. Кэтэһиилээх, үөрүүлээх күннэр.


Маныаха ыһыаҕы сөбүлүүр киһи, арааһа, уонча ыһыахха тиийэ сылдьара буолуо. Биир өттүнэн, ыһыахха сылдьыы үчүгэй. Иккис өттүнэн, бырааһынньык элбээһинэ үлэлиир кэми аҕыйатар, атахтыыр. Хармааҥҥа да балачча охсуулаах буолар. Бу өрүттэри бэлиэтээн этээччилэр күн бүгүн элбээн иһэр курдуктар.

Оттон былыр сахалар, муҥутаан, биир-икки ыһыахха сылдьаллара үһү. Үрүҥ Айыылар сиргэ саамай чугаһаабыт кэмнэригэр кинилэргэ сүгүрүйүү бэлиэтигэр. Ол кэнниттэн, кэми куоттарымаары күүстээх үлэҕэ туруналлара дииллэр.

Онтон дьэ, билигин, үйэлэри уҥуордаабыт сиэрбитин-туоммутун, үгэспитин, култуурабытын аан дойду дьонугар көрдөрөбүт, хомуска оонньоон, оһуохайдаан, кымыс иһэн, бэл, сөҕүмэр көрдөрүүлэри ситиһэбит.

Ол да буоллар, ыһыахпытын тула кэпсэтиигэ араас санаалар кэмэ суох элбээн иһэллэр.

Ыһыах суолтата

 Август Егоров, “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ:

— Саха дьоно былыр-былыргыттан сайыҥҥы күн саамай уһаан турар кэмигэр ыһыах ыһаммыт, Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэн, уйгуну-быйаҥы, этэҥҥэ буолууну, бары үтүөнү көрдөһөбүт.

Маныаха ыһыахтарбыт аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн ыытыллаллара үчүгэй. Дьон-сэргэ түмсэр, сомоҕолоһор. Ыһыах диэн өйдөбүл өйбүтүгэр-санаабытыгар дириҥник иҥэн киирэр. Тус бэйэм түһүлгэҕэ киирэммин, дьону-сэргэни кытары алтыһабын, ыһыах алгыһыттан күүс-уох ылабын.

Ол гынан баран, мин санаабар, ыһыахтарбыт наһаа элбээбиттэрэ эмиэ соччото суох. Сороҕор, соччо дьүөрэтэ да суох тэрээһиннэри ыһыах диэн ааттаан ыһар, тэрийэр буоллубут. Ити түмүгэр, сорох түгэннэргэ ыһыах суолтата ханарытылынна, уларыйда. Онон ыһыахпытыгар болҕомто ууран, былыргы сиэри-туому тутуһан, ыһыахпыт суолтатын үрдэтиэхпитин наада дии саныыбын.

Мөккүөрдээх санаалар

Биир күн ыһыахтыаҕыҥ

 Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал, “Сахатранснефтегаз” сүрүн гаас ситимин көрөр-харайар салалта кылаабынай инженерэ:

— Сайын — үлэлээн сайын (сайдыахха)  диэн суолталаах.  Оттон биһиэхэ ити кэмнэргэ ыһыахтарбыт буолаллар. Ыһыахтыырбыт, биллэн турар, үчүгэй. Ол гынан баран, ыйы быһа салҕанара сыыһа. Ити кэмҥэ биһиги үлэлээн сайдыахтаах, сайыннарыахтаах кэммитин куоттарабыт, сүрбүтүн барыыбыт.

Аны туран, ыһыахха үтүмэннээх үп хамсыыр. Харчы – эньиэргийэ, сүр. Оттон элбэх ыһыаҕы ыһаммыт, биһиги сүрбүтүн ыһабыт, мөлтүүбүт.

Туох барыта сөптөөх кэмигэр оҥоһуллуохтаах. Ол иһин, ыһыахха бары улуустары хабан туран, чопчу биир күн ананара ордук дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэс ыйын 20-21 күннэрэ. Ити күн бары сомоҕолоһон өрөгөйү күүһүрдэбит. Бу күн этиллэр алгыс, баҕар, өссө күүстээх буолуо этэ.

Ыһыаҕы аҕыйаттахпытына да,  сиэрбит-туоммут умнуллуо дии санаабаппын. Мин саныырбынан, эйгэбитин сахалыы оҥоруоҕу баҕарар буоллахпытына, күннээҕи олохпутугар сахалыы саҥарыаҕыҥ, сахалыы таҥныаҕыҥ, сахалыы кинигэни, олоҥхону ааҕыаҕыҥ, хомустуоҕуҥ.  Ол буолуоҕа, биһиги сахалыы куту тэнитиибит, сахалыы саҥаны, санааны элбэтиибит, сайыннарыыбыт.

Хаста баҕарар ыһыахтыахха сөп

 Мария Кобельянова-Тускулаана, Сунтаар улууһун култуураҕа управлениетын хотуна:

— Ыһыах — күүтүүлээх ытык күммүт.  Бу үөрүүлээх үтүмэн маҕан күҥҥэ саха бар дьоно түмсэн, сомоҕолоһон алгыс ылар күммүт. Ол иһин самаан сайын саҕаланна да, уйгу-быйаҥ ыһыахпытын бука бары долгуйа кэтэспитинэн барабыт.

Ыһыах эрэ күн алгысчыт сүмэлээх тылынан Үөһээ Үрдүк Айыылартан, Үрүҥ күнтэн күүс-күдэх ылабыт. Бу улуу сиэргэ-туомҥа кэскилбитин, кэнчээри ыччаппытын айылгылаах айылҕалара буоларынан,  кыттыһыннаран, такайан, үйэттэн үйэҕэ салгыылларын курдук иҥэрэргэ кыһаллабыт.

Ыһыахпыт буоллаҕа, саха дьонун-сэргэтин үөрүүлээх түһүлгэҕэ түмэр ураты тыыннаах тэрээһиммит. Манна дуулаҕа күүстээхтэр, быыппастар былчыҥнаахтар, быһыйдар, сымсалар күрэстэрэ,  мааны таҥастаах-саптаах дьон түмсэрэ, олоҥхо доллоһуйара, оһуохай оройуттан тутуллара, хомус дьүрүһүйэрэ барыта түмүллэн түһүлгэ дьонугар күүһү-күдэҕи, эрчими эбэр, уһун тыынныыр.  Онон киһи сайын устата элбэхтик ыһыахтыырыгар туох да мөкүнү көрбөппүн.

Манна даҕатан эттэххэ

Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорор Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна  национальнай суолталаах бырааһынньыктартан ураты тэрээһиннэри бүддьүөт суотугар ыытартан туттунарга ыҥырбыта.

Бу этиини өйөөн, сорох улуустар быһаарыныыны номнуо ылынан эрэллэр. Онно улуус уонна нэһилиэк ыһыахтарын эрэ ыһыах диэн ааттыахха диэбиттэр. Тэрилтэлэр, оскуолалар ыһыахтарын — «сайыны көрсүү», «салама ыйааһына», «айылҕаҕа тахсыы» диэнинэн  солбуйуохха диэн этиилэр киллэриллибиттэр.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0