Ыам ыйыгар сэттэ күн сынньаныахпыт

Бөлөххө киир:

Маай бырааһынньыктарыгар Россия олохтоохторо сэттэ күн сынньаныахтара. Бу туһунан Дьарыктаах буолуу федеральнай сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Ол курдук, үлэһит дьон Маай бырааһынньыгар үс, оттон Кыайыы күнүгэр түөрт күн сынньаныахтара. Халандаары ылан көрдөххө, муус устар 29 күнэ – субуотаҕа, муус устар 30 күнэ – өрөбүлгэ, оттон Үлэ уонна саас бырааһынньыга бэнидиэнньиккэ түбэһэр. Инньэ гынан, үс күн өрүүбүт.
Оттон ыам ыйын 6 – 7 күннэрэ субуотаҕа уонна өрөбүлгэ түбэһэллэр. Роструд суруйарынан, ыам ыйын 8 күнүгэр тохсунньу 7 күнүнээҕи бырааһынньыкпыт көһөрүллэн биэрбит. Онон эмиэ сынньалаҥ.
Сааспыт кэлэн, ыам ыйыгар сэттэ күнү сынньанан абыраныыһыкпыт.

Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0